16:05 Байанай күрэҕэ | |
Сэтинньи 29 күнүгэр Кыһыл - Дэриэбинэ «Сайдыы» СК үгэскэ кубулуйбут «Баай Барыылаах Байанайдаах булчут» күрэх түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытылынна. Быйылгы күрэх уларыйыыта диэн эстафета көруҥэ киирэн биэрдэ уонна түөлбэттэн иккилии эр бэрдэ кытынна. Тыҥааьыннаах киирсии кэнниттэн 1 миэстэни Кыһыл-Дэриэбинэттэн Петров Илья, Николаев Вячеслав «Сандаара» түөлбэ, 2 миэстэни Аппааныттан «Молодежнай» түөлбэ Адамов Владимир, Гоголев Сергей, 3 миэстэни «Графский» түөлбэттэн Федоров Анатолий, Иванов Евгений буоллулар уонна олохтоох дьаһалта олохтообут сыаналаах бириистэрин туттулар. Онтон «Саһарҕа» түөлбэттэн Макаров Михаил, Ильин Сергей, «Виктория» түөлбэттэн Машников Яков, Власов Владимир, «Чэчир» түөлбэттэн Слепцов Роман, Сивцев Ариян кыттаннар олохтоох дьаһалта уонна Намнааҕы тыа харыстабылын управлениетын аатыттан биһирэбил бириистэри туттулар. Дьүүллүүр сүбэ «Эдэр кыттааччы» анал аатын Сивцев Арияҥҥа туттарда. Кыайылаахтары уонна кыттыылаахтары «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ баһылыга Ноговицын И.Д., улуус депутата Соловьев В.Ю. эҕэрдэ тылларын эттилэр. Хас биирдии түөлбэ салайааччыта түөлбэтиттэн кыттыбыт эр дьонноругар махтанан туран сэмэй суруктарын туттардылар. Быйыл призовой фонд лаппа тубуста, эһиил өссө улаатыннарыахпыт диэн эрэннэрдилэр. Маннык күрэхтэр, эр дьону түмэр, көхтөөх оҥорор.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |