Воскресенье, 19.05.2024, 09:32
Приветствую Вас Гость | RSS
МБУ Центр народного творчества "Чороон"

07:13
Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Үрүҥ тунах ыһыаҕа

Россияҕа норуот айымньытын уонна культурнай нэһилиэстибэтин, Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха сирин уһулуччулаах Государственнай, политическай деятелэ Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ  125 уонна самодеятельнай композитор Захар Порфирьевич Винокуров төрөөбүтэ 100 сылларыгар анаммыт Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин ҮРҮҤ ТУНАХ  ЫҺЫАҔА бэс ыйын 21 күнүгэр  “Хатын-Чараҥ” ыһыахтыыр пааркабытыгар үрдүк таһымҥа ыытылынна. ЫҺЫАХ ҮӨРҮҮЛЭЭХ АҺЫЛЛЫЫТЫН СИЭРИГЭР-ТУОМУГАР нэһилиэкпит олохтоохторо, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. ЫҺЫАХ ҮӨРҮҮЛЭЭХ ЧААҺЫГАР „Нам улууһа“ МТ Баһылыга  Слепцов Ю.И., СР Тыатын хаһаайыстыбатын Министрэ Атласов А.П., СР бэйэни салайыныы департаменын салайааччы Попов И.Р., „Хатыҥ-Арыы нэһилиэк“ МТ Баһылыга Ноговицын И.Д. уонна быйыл үбүлүөйдээх саха норуотун композитора З.П. Винокуров чугас аймахтара кыттыыны ыллылар. „УЙГУЛААХ САЙЫММЫТ ЫҺЫАҔА“ эҕэрдэ кэнсиэргэ нэһилиэкпит вокальнай ансаамбыллара, оҕо-улахан дьон үҥкүү ансаамбыллара, фольклорнай бөлөх ыһыах мааны ыалдьыттарын эҕэрдэлээтилэр. „Сахалыы таҥнан киэркэйиэх“ саха таҥаһын көрүүтүн күрэҕэ ыытылынна - Дьиэ кэргэнинэн кыттыы, Дьахтар сахалыы таҥаһа уонна Халадаай былааччыйаҕа.Ыһыах бары кыттыылаахтарын, ыалдьыттарын „Туймаада“ Государственнай вокальнай ансамбла ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэ кэнсиэр бэлэх уунна. Үгэс быһыытынан Киин түһүлгэҕэ – „Өбүгэ оонньуулара“ спортивнай күрэх Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин олохтоох уолаттарыгар анаан ыытылынна; Ону сэргэ Оҕо уонна Фольклор түһүлгэлэригэр конкурстар, күрэхтэһиилэр, кэнсиэртэр ыытыллан дьон-сэргэ үөрүүтэ үгүс. Киэһээтин Саха эстрадатын ырыаһыттарын Сахая, Александр Бурнашевтар, Кирилл Матвеев эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла.

            

Просмотров: 139 | Добавил: ariansar | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
Категории раздела
новости [6]
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Июнь 2022  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 68
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Друзья сайта

Copyright MyCorp © 2024
Сайт создан в системе uCoz