19:50 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ. | |
Балаҕан ыйын 27 күнэ - Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр улахан суолталаах күн. Биһиги Сахабыт Республикатын оччотооҕу Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев республика Государственнай суверенитетын ылыы наадата тирээбитин туһунан этии киллэрэн, улахан үлэ түмүгэр 1990 сыллаахха - бу күн Судаарыстыба суверенитетын туһунан декларация ылыллан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа бигэргэммитэ. Бу историческай докумуон өрөспүүбүлүкэбит инникитин тутулуга суох сайдарын түстээбитэ. Онон Россия састаабыгар киирэр суверенитеттаах республика буолбуппут. Өлүөнэ туруук хайаларын сирэйигэр ойууламмыт аттаах, дуо5а тутуурдаах киһилээх гербэлэммиппит, үрүҥ күннээх, күөх халлааннаах, үрүҥ, кыһыл, от күөх сурааһыннаах былаахтаммыппыт уонна Өрөгөй ырыаламыппыт быйыл 32 сыла буолла. Бу күн Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Аппааны бөһ. И.Е. Винокуров аатынан Сквергэ өрүү буоларын курдук үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Нэһилиэкпит общественноһа, оскуола оҕолоро уонна Саха Республикатын Правительствотын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Викторович Никифоров, «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии Баһылыга Слепцов Юрий Иннокентьевич, «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ Баһылыгын солбуйааччыта Марков Герман Герасимович кыттыыны ыллылар. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын “Чаҕылыс” литературнай бөлөҕө (сал. РФ Үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Васильева А.Е.) кыттыыны ылан дириҥ ис хоһоонноох литературнай монтаж аахпыттарын олохтоохтор да, ыалдьыттар да бэркэ астыннылар, киэн тутуннулар. Норуоттан үүнэн тахсыбыт, ыарахан сылларга норуот туһугар олоҕун анаабыт, норуотун чиэһин туруулаһан көмүскээбит уһулуччулаах Государственнай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуров өлбөт-сүппэт өңөлөрүн билинэн, киниэхэ сүгүрүйэн уонна кини аатын үйэтитэн ытыктаан сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. | |
|
Всего комментариев: 0 | |