14:41 Аҕам саастаахтар күннэрин үөрүүлээх тэрээһинэ. | |
Саҥа культурабыт киинигэр, алтынньы ый маҥнайгы бырааһынньыга – үтүө үгэскэ кубулуйбут Аҕам саастаахтар күннэрэ өрө көтөҕүүлээхтик ыытылынна. Үөрүүлээх чааһыгар «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ Баһылыга Ноговицын И.Д. үбүлүөйдээх ытык-мааны дьоммутугар наҕараада туттарылынна. «Бастыҥ Олбуор - 2022» түмүгэ таҕыста. Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин «Сыдьаайа» үҥкүү бөлөҕө, «Ивушка» вок.ансамбль, оскуолабыт оҕолоро хаһыс да сылын «Мандарин» акциялара, «Чаҕылыс» лит.бөлөх, кыргыттар ансаамбыллара уонна культура үлэһиттэрэ кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэри бэлэх уунан ытыктабыллаах дьоммут үөрүүлэрэ үксээтэ. Тэрээһин иккис чааһыгар итии чэйдээх остуолга олорон мааны дьоммут ирэ-хоро кэпсэтэн, маассабай оонньуулары оонньоон дуоһуйа сынньаннылар. Аҕам саастаах дьоммутугар ылбаҕай ырыаларын бэлэх уунна ыалдьыппыт, СР культуратын туйгуна, автор, мелодист, ырыаһыт Татьяна Гаврильева. Күндү дьоммутугар сааһырары санаабакка, кырдьар диэни аахайбакка, айхалынан арыалланан, уруйунан угуттанан аймах дьоҥҥут арчытынан, оҕоҕут – уруугут тапталынан уһуннук, дьоллоохтук олорун диэн алгыс маанытын эһиэхэ аныыбыт!
| |
|
Всего комментариев: 0 | |