06:44 «Мавра күөлэ» сынньалаҥ киинэ үөрүүлээхтик арылынна | |
Федеральнай үбүнэн улуустар нэһилиэктэрин сайыннарыы проектары сүүмэрдээһинэ түмүктэнэн, ол курдук тупсаран оҥоруу объектара «Формирование комфортной городской среды» уонна «1000 дворов на Дальнем Востоке» программалар чэрчитинэн, бу сабыс-саҥа тутуллан тэнийбит киэҥ, ыраас кэрэ - Аппааныга Мавра күөлү чөлүгэр түһэрэн, дьон-сэргэ сынньанарыгар, оҕолор оонньуулларыгар, спордунан дьарыктаналларыгар анаан оҥоһуллубут проект сүүмэрдээһини ааһан, олохтоохтор ситим нөҥүө куоластааһыннарын түмүгэр, 23 мөлүйүөн үп көрүллэн үлэҕэ, олоххо киирдэ. Эҕэрдэ тылы эттилэр: «Нам улууһа» МТ Баһылыга Слепцов Юрий Иннокентьевич, СР Главнай архитектара Алексеева Ирина Дмитриевна, «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ Баһылыга Ноговицын Иван Дмитриевич, эдэр ыччат аатыттан Кирилл Егоров. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, «Ылдьаа ыччаттара» хамсааһын, ыччаттар кыттан сынньалаҥ киин арыллыбытынан үөрүүлэрэ үгүс. | |
|
Всего комментариев: 0 | |