14:18 «Баай Барыылаах Байанайдаах булчут» | |
Сэтинньи 25 күнүгэр, Аппааны бөһүөлэгэр хаһыс да сылын үтүө үгэскэ кубулуйан ыытыллар “Баай барыылаах Байанайдаах булчут” диэн Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар күрэх ыытылынна. Бары билэрбит курдук, Сэтинньи ый, Байанай ыйа БААЙ БАЙАНАЙ - кини хара тыа иччитэ. Тыа, ойуур көтөрүн – сүүрэрин олоччу бас билэр, улахан иччи. Кини дьонтон кэһиини – тутууну эрийимтиэ. Кыраҕа даҕаны олус үөрүнньэҥ, бэрт сайаҕас, эйэҕэс, көнньүөрдэҕинэ, булчукка олус дьэллэм. Бу күрэх ыытылларыгар күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар махтал тылларын этэбит. Ол курдук олохтоох дьаһалтаҕа, Баһылык Иван Дмитриевич Ноговицынҥа, И. Е. Винокуров аатынан Хатыҥ- Арыы орто оскуолатыгар, директор Павел Николаевич Оконешниковка, Намнааҕы техникум үөрэх тэрилтэтигэр, директор Ньургустан Михайлович Жирковка, Хатыҥ-Арыы спорт отделыгар, директор Сергей Андреевич Ильиҥҥа, “Автопрофи” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ, генеральнай директор Евгений Викторович Эверстовка уонна Хатыҥ – Арыы нэһилиэгин булт инспектордарыгар. «БААЙ БАРЫЫЛААХ БАЙАНАЙДААХ БУЛЧУТ» күрэхпитигэр 6 түөлбэттэн 1 эр киьи уонна 1 уол оҕо кытынна. Күрэхпит дьүүллүүр сүбэтинэн улэлээтилэр:
Күрэх түһүмэхтэрэ :
Жеребьевканан кыттар нүөмэрдэрин талан 1-кы нүөмэринэн «Сандаара» түөлбэттэн Дьулус Новгородов, Петров Лёня, 2 – «Чэчир» түөлбэ олохтоохторо Василий Ноев, Сивцев Миша, 3- «Молодежнай» түөлбэ Олесов Родион, Матвеев Федя, 4 – «Саьарҕа» түөлбэттэн Бугаев Николай, Парников Артём, 5 – «Виктория» түөлбэ олохтоохторо Мордосов Максим уолунаан Кирилл Кириллыын, 6 нүөмэрдээх кыттааччылар Граф Биэрэгин түөлбэтэ – Азаров Егор, Бережнев Петя. 4 түһүмэх түмугүнэн, олус тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн эгил-тэгил түсүһэн кыайыылааҕынан Кыһыл Дэриэбинэттэн “Сандаара” түөлбэ таҕыста, 2 миэстэ – “Молодежнай” түөлбэ эр бэртэрэ, 3 миэстэ – “ Чэчир” түөлбэ олохтоохторо буоллулар. Бары кыттыбыт Эр бэртэрбитигэр уонна кыайыылаахтарга спонсордар туруорбут сыаналаах бириистэрэ туттарылыннылар. Былыр былыргыттан олохтоммут, сайаҕас санааҕа ииппит, умнуллан эрэр үтүө үгэстэрбитин эргитэр кэммит тиийэн кэллэ диэн санааттан сиэттэрэн бу күрэҕи сылын аайы ыытабыт. Кыттааччыларбытыгар инникитин даҕаны Баай Байанайгыт өрүү тосхойдун уонна мичик гыннын диэн баҕа санаа бастыҥын баҕарабыт!
| |
|
Всего комментариев: 0 | |