11:55 «Чороон» НАК иккис төгүлүн муҥутуур кыайыылаах аатын сүктэ. | |
Дойду үрдүнэн Уһуйааччы уонна Аҕа Сүбэһит, Саха Республикатыгар Үлэ, Нам улууһугар Биир санааланыы уонна Сомоҕолоһуу сылларыгар анаммыт Нам улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларыгар ыытыллар Фестиваль быйыл кулун тутар 12 күнүттэн муус устар 12 күнүгэр диэри ыытылынна. Үгэс быһыытынан ырыаҕа, үҥкүүгэ, театральнай көрүүгэ, фольклор жанрдарыгар көрүү буолла. Ол курдук, «Чороон» НАК иһинэн үлэлиир куруһуоктар кыттыылаахтара: «Дуорай» эр дьон вокальнай ансаамбыла (салайааччылар Саргылана Пономарева, Ариан Васильев) ансаамбылларга муҥутуур кыайыылаах, соло көрүҥэр Андрей Слепцов 2 ст.Лауреат, үҥкүү көрүҥҥэригэр оҕолорго «Сайдам» үҥкүү бөлөҕө (сал. Варвара Иванова) 1 ст. Лауреат, «Оһуор» ыччат үҥкүү бөлөҕө (сал. Варвара Иванова) – 1 ст. Лауреат үрдүк аатын ыллылар. Театральнай көрүҥҥэ «Айар аат» (сал. Горьяна Стрекаловская) коллектива 2 көрүҥҥэ 2 ст. Лауреат аатын, фольклор көрүҥнэригэр олоҥхону толорууга «Чороон» НАК уус-уран салайааччыта Марианна Винокурова муҥутуур кыайыылаах аатын ылла. Фольклор жанрдарынан дьүһүйүүгэ «Үчүгэй даҕаны, үлэ киһитэ» диэн ааттаан олус элбэх киһини кытыннаран, ол курдук тойукка Татьяна Ивановна Евсеева, чабырҕахсыттар «Дуораан» фольклорнай бөлөх – Айталина Сивцева, Эмилия Саввинова, Нарыйа Кулешова (сал.Нюргуяна Адамова), «Дабаан» хомусчуттар бөлөхтөрө (сал. Марианна Винокурова), доҕуһуолга уонна норуот ырыатыгар (Айталина Сивцева, Эмилия Саввинова, Нарыйа Кулешова, Элеонора Егорова, Валентина Сивцева, Александр Романов, Гаврил Макаров, Владимир Власов, Степан Суздалов) «Дорҕоон» этно-фольклорнай бөлөх (сал.Степан Находкин, Петр Машников), оһуохайга Элеонора Егорова уонна уопсай массовкаҕа кыттыбыт бары дьоммут фольклор көрүҥнэригэр муҥутуур кыайыылаах аатын ыллыбыт. Уопсай түмүгүнэн «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ Аппааны бөһүөлэгин «Чороон» НАК улахан кулууптарга кыайыы өрөгөйүн биллибит. Бары кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар, оҕолоругар барҕа махтал тылларын этэбит. | |
|
Всего комментариев: 0 | |