14:21 Мавра күөлүгэр күһүҥҥү тэрээһин | |
Балаҕан ыйын 21 күнүгэр, 11 ч. «Мавра күөлэ» сынньалаҥ киинигэр Саха Республикатын Ил Дархан Гранын кыайыылааҕар Аппааны беьуелэгин ТОС “Чэчир” түөлбэҕэ грант сертификатын туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Хатын-Арыы нэһилиэк олохтоох дьаьалтата граҥҥа икки проект киирбититтэн Аппаны бөһүөлэгин ТОС “Чэчир” “Благоустройство зоны отдыха озера Мавра с.Аппаны” проега кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн, проект олоххо киирэригэр «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ Баһылыга Иван Дмитриевич Ноговицын ТОС “Чэчир” салайааччытыгар Винокурова Марианна Васильевнаҕа 259 175 солк. сертификат туттарда. Эҕэрдэ тыл эттилэр - Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ проектнай үлэ специалиһа, Нам улууһун мунньаҕын депутата – Владимир Юрьевич Соловьев, «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ сүрүннүүр специалиһа – Надежда Дмитриевна Сивцева, хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба “Уником” генеральнай директора Николай Николаевич Петров. Хатын-Арыы нэһилиэгин “Тэтим” хотугу хаамыы группата оҕолорго күрэх уонна призтээх оонньуу ыытта. Ону таһынан оҕолорго анаан сахарнай вата, батут үлэлээтэ. | |
|
Всего комментариев: 0 | |