16:28 Нам улууһун күһүҥҥү ярмарката | |
Балаҕан ыйын 22 күнүгэр улуустааҕы күһүҥҥү дьаарбаҥка Нам селотугар буолан ааста. Буоларын курдук Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ көхтөөхтүк кытыннылар. Тэрээһини нэһилиэкпит бастыҥ общественниктара, түөлбэ салайааччылара, “Чороон”, “Сайдыы”, “Самородок” культура, уонна администрация улэһиттэрэ түмсэн тэрийдилэр. Дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мальцева Дария Ивановна көҕүлээһининэн өлгөм оҕуруот аһынан киэргэтиллибит “Дары Осени” диэн быыстапка дьон сэҥээриитин ылла.. Дььарбаҥка түмүгүнэн биһиги нэһилиэкпит бочуоттаах Бастакы миэстэни ылары ситиһэн дипломунан уонна 100 л. ГСМ-нан наҕараадаланна. Мухина Саргылана Николаевна - “Бастыҥ Бааһынай хаһаайыстыба”, Павлова Марфа Егоровна - “Бастыҥ кэтэх хаһаайыстыба” аатын ыллылар. Музыкальнай эҕэрдэнэн киэргэттилэр Петр Машников уонна Леонид Чупров. Ити курдук өрүү түмсүүлээх буолуоҕуҥ, өссө да кыайыылар кэлэ турдуннар. | |
|
Всего комментариев: 0 | |