Воскресенье, 19.05.2024, 12:08
Приветствую Вас Гость | RSS
МБУ Центр народного творчества "Чороон"

12:11
Элбэх квартиралаах саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ

   

Тохсунньу ый 31 күнүгэр, Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Аппааны бөһүөлэгэр - өбүгэлэрбит кэскиллэрин кэҥэтэр, удьуордарын ууһатар, олох оҥостор сылаас, сырдык, аныгылыы тутуулаах, толору хааччыллыылаах, «Дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү» программатынан 12 кыбартыыралаах саҥа дьиэни Пинигин Алексей Семенович салайааччылаах «ПРОГРЕСС» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ тутан үлэҕэ киллэрэр үөрүүлээх күнэ буолла.

Саҥа дьиэ үөрүүлээх аһыллыытын аалай лиэнтэтин быстылар «Нам улууһа» МТ Баһылыгын 1 солбуйааччыта Павлов А.И., «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ Баһылыга Ноговицын И.Д., «Прогресс» ХЭТ директора Пинигин А.С. уонна саҥа дьиэ кырачаан олохтооҕо Ариан Петухов.

Алгыс тылынан дьиэни ыраастаата, арчылаата – алгысчыт Кривогорницын А.К.

Үөрүүлээх-быһыыга майгыга «Прогресс» тэрилтэ саҥа дьиэ эдэр ыалыгар, Чупровтар дьиэ кэргэттэригэр телевизор бэлэх уунна.

Пинигин А.С. тэрилтэтэ Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр 2 улахан объегы тутан киллэрбитин (35 миэстэлээх Кыһыл Дэриэбинэҕэ «Мичээр» уһуйааны уонна 12 кыбартыыралаах дьиэни), улахан спонсорскай көмө оҥорорун иһин «Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» Бэлиэ туттарылынна.

         Бу үөрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста.

Просмотров: 27 | Добавил: ariansar | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
Категории раздела
новости [6]
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Февраль 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
26272829
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 68
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Друзья сайта

Copyright MyCorp © 2024
Сайт создан в системе uCoz