18:33 Аппааныга үҥкүү дьоро киэһэтэ. | |
Муус устар 26 күнүгэр Аан дойдуга Үҥкүү күнэ сылын аайы үтүө үгэскэ быһыытынан ыытыллар. Быйыл Хатыҥ-Арыы нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыгар «В ритме танца» диэн флешмоб үҥкүүтүгэр 5 тэрилтэ кыттыыны ылла, ол курдук И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолата, Затоннааҕы ситэтэ суох орто оскуола, «Хатыҥчаана», «Сандаара», «Ромашка» оҕо уһуйааннара уопсайа 90-ча кыттааччылаах буолла. Ону таһынан, куруук буоларын курдук, дьоро киэһэбитин «Чороон» НАК иһинэн үлэлиир оҕолорго «Сайдам», улахан дьоҥҥо «Оһуор», «Колорит», сал. Варвара Иванова уонна үһүс көлүөнэ оскуолатын чэрчитинэн үлэлиир «Сыдьаайа», Намнааҕы Техникум студеннара, сал. Анжелика Ноговицына үҥкүү бөлөхтөрө киэргэттилэр. Конкурс түмүгүнэн убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаабытынан (СР культуратын туйгуна Римма Дмитриевна Новгородова, Анжелика Юрьевна Ноговицына, Валентина Михайловна Сивцева жюрига үлэлээтилэр) 5 кыттыбыт тэрилтэҕэ анал ааттары, кубоктары туттардылар, муҥутуур кыайыылааҕынан И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын коллектива буолла. Бары кыттыбыт коллективтарга, үҥкүү бөлөхтөрүгэр барҕа махтал тылларын этэбит. | |
|
Всего комментариев: 0 | |