13:19 «Айар аартык» театральнай студия уонна «Мичийэ» оҕо ырыа ансаамбылын сыллааҕы отчуоттуур үлэтин айар киэһэтэ. | |
Кырдьыга даҕаны аҕыс ыйдаах аам даам тымныы ааһан, чаҕылхай ыраас күннээх саас кэнниттэн, итии илгэ эркиннээх сайын барахсан күөх оһуорунан сыһыыны симээн, киэргэтэн, оту-маһы көҕөрдөн, көтөрү-сүүрэри аҕалан кэлиитэ кими үөрдүбэт буолуой? Быйыл дойдубут үрдүнэн Дьиэ кэргэн, СР Оҕо саас сылларынан «Чороон» НАК хаһааҥҥытааҕар да элбэх оҕо куруһуоктарга хабылынна. Үҥкүү, ырыа, фольклор сэргэ быйыл театральнай студия үлэтин кыайыылаахтык-хотуулаахтык саҕалаата, салайааччынан режиссер үөрэхтээх, эдэр үлэһит Горьяна Максимовна Стрекаловская. Бүгүн, ол эбэтэр ыам ыйын 24 күнүгэр «Чороон» НАК иһинэн үлэлиир «Айар аартык» театральнай студия, «Мичийэ» оҕо вокальнай ансаамбыла, сал. Горьяна Стрекаловская, сыллааҕы отчуоттуур кэнсиэрдэрэ үрдүк таһымҥа буолла. Бу күн оҕолор күһүҥҥэттэн үөрэммит дьарыктарын, дьоҕурдарын, талааннарын көрөөччүлэргэ көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэр астынан, дуоһуйан, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Оҕолорбутугар сайыҥҥы сынньалаҥнарын наһаа үчүгэйдик атааралларыгар баҕарыаҕыҥ. | |
|
Всего комментариев: 0 | |