18:54 «Чаҕылҕан чаҕылхай олоҕо». | |
Бүгүн, от ыйын 31 күнэ – И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан төрөөбүт күнэ. 2024с Нам улууһугар И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылыгар ананар. Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр улахан суолталаах, сүдү тэрээһин ыытылынна. И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу өйдөбүнньүк тэрээһиниттэн саҕаланна. Пааматынньыкка улуус Баһылыга Слепцов Ю.И., нэһилиэк Баһылыга Ноговицын И.Д., ытык-мааны ыалдьыттар, нэһилиэк олохтоохторо, кэнчээри ыччаттар кыттыылаах ыытылынна. Нэһилиэкпит киэн туттар ыччата И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын уолаттара, «Чаҕылыс» литературнай бөлөх, сал. РФ Үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Анна Васильева, Чаҕылҕаҥҥа анаан литературнай монтаж ааҕан кэлбит ыалдьыттар сүргэлэрин көтөхтө. Салгыы тэрээһин «Чороон» НАК – И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан 2 томнаах олус үчүгэйдик оҥоһуллубут, суруллубут кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэни оҥорон-таҥан, редакциялаабыт тэрилтэлэр, архыып үлэһиттэрэ олус үчүгэйдик кэпсээн, Чаҕылҕан кырдьык да улуу киһи эбит диэн кэлбит дьоҥҥо элбэҕи сырдаттылар. Салгыы Ылдьаа Чаҕылҕан хаһан да, ханна да бэчээттэммэтэх үлэлэрин таҥан, үөрэтэн 3 том оҥорон таһаарыахпыт диэн этэн нэһилиэк, улуус дьоно астына, үөрэ иһиттибит.
Олохтоох дьаһалта, нэһилиэк общественноһа кэлбит ыалдьыттары минньигэс аһынан эбиэттэнэн тэрээһин салгыы ытылынна. Икки киинэ сүрэхтэниитэ буолла, ол курдук «Якутский ысыах. 1944г.» уонна «Чаҕылҕан». Бу историческай, документальнай киинэлэри баар дьон олус сэҥээрэн, астынан көрдүлэр.
Ол кэннэ, поэт, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах общественность мунньаҕа ыытылынна. Кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар бары истиҥник ахтан, туох үлэ ыытыллыбытын, ыытыллыахтааҕын, ыытыллыан наадатын туһунан тыл эттилэр. Ол түмүгэр, элбэх баҕа санаалар, махтал тыллар этилиннилэр. И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан хоһоонноругар ырыа буолан көппүт кэрэ матыыптары “Иэйии” ветераннар түмсүүлэрэ, “Ивушка” ырыа ансаамбыла, Г. Кривошапко аатынан Судаарыстыбаннай филармония солиһа Петр Попов бэлэхтээтилэр, ону таһынан “Отуу уота” литературнай түмсүү салайааччытын солбуйааччыта Прасковья Байанаева бэйэтэ айбыт “Чаҕылҕаҥҥа” диэн хоһоонун аахта. Киэн туттар биир дойдулаахпыт, улуу киһибит - И.Д. Винокуров - Чаҕылҕан суруйан хаалларбыт бастыҥ айымньылара сурукка-бичиккэ хааланнар Сахатын сирин дьонун, кэнчээри ыччатын сүрэҕэр сууланан Ийэ тыл сүмэтин иҥэрэн ааҕылла туруохтара диэн эрэнэбит! | |
|
Всего комментариев: 0 | |