Балаҕан ыйын 27 күнэ - Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр улахан суолталаах күн. Биһиги Сахабыт Республикатын оччотоо5у Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев республика Государственнай суверенитетын ылыы наадата тирээбитин туһунан этии киллэрэн, улахан үлэ түмүгэр 1990 сыллаахха - бу күн Судаарыстыба суверенитетын туһунан декларация ылыллан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа бигэргэммитэ. Бу историческай докумуон өрөспүүбүлүкэбит инникитин тутулуга суох сайдарын түстээбитэ. Онон Россия састаабыгар киирэр суверенитеттаах республика буолбуппут. Өлүөнэ туруук хайаларын сирэйигэр ойууламмыт аттаах, дуо5а тутуурдаах киһилээх гербэлэммиппит, үрүҥ күннээх, күөх халлааннаах, үрүҥ, кыһыл, от күөх сурааһыннаах былаахтаммыппыт уонна Өрөгөй ырыаламмыппыт быйыл 34 сыла буолла. Бүгүн биһиэхэ ытык-мааны ыалдьыттар кэллилэр: Саха Республикатын Правительствотын председателин солбуйааччыта Георгий Михайлович СТЕПАНОВ, Саха Республикатын “Ил Түмэн” Судаарыстыбаннай мунньаҕын председателин солбуйааччыта, «Ил Түмэн» Судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин председателэ Афанасий Семенович ВЛАДИМИРОВ. Ытык-мааны ыалдьыттарбытын кытта Дьокуускай куораттан “Айыы кыһата” оскуолаттан 8 “б” кылаас үөрэнээччилэрэ ыалдьыт буолан кэллилэр, Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, нэһилиэкпит олохтоохторо И.Е. Винокуров скверыгар үтүө тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар. Норуоттан үүнэн тахсыбыт, ыарахан сылларга норуот туһугар оло5ун анаабыт, норуотун чиэһин туруулаһан көмүскээбит уһулуччулаах Государственнай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуров өлбөт-сүппэт өңөлөрүн билинэн, киниэхэ сүгүрүйэн уонна кини аатын үйэтитэн ытыктаан сибэкки дьөрбөтүн уурдулар: Саха Республикатын Правительствотын председателин солбуйааччыта Георгий Михайлович СТЕПАНОВ, Саха Республикатын “Ил Түмэн” Судаарыстыбаннай мунньаҕын председателин солбуйааччыта, «Ил Түмэн» Судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин председателигэр Афанасий Семенович ВЛАДИМИРОВ, «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии Баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов, “Нам улууһа” МТ Депутата Владимир Иванович Макаров, «Хатыҥ-Арыы нэһилиэк» МТ Баһылыга Иван Дмитриевич Ноговицын уонна нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттара.
|