Среда, 22.01.2025, 11:57
Приветствую Вас Гость | RSS
МБУ Центр народного творчества "Чороон"

19:29
Аҕам саастаах дьон күнэ.

Алтынньы ый - Хотой Айыы ыйынан ааттанар, кыһыммыт са5аланар кэмэ. Онуоха аныгы сиэринэн ый маҥнайгы бырааһынньыгынан а5ам саастаах  дьон күнүн көрсө кырдьа5астар декадалара үтүө үгэскэ кубулуйда.

  

 «Чороон» НАК үлэһиттэрэ Аҕам саастаахтар күннэригэр анаммыт

«70-с сыллары ахтан-санаан…» диэн дьоро киэһэни кылыһах-кырыымпа, тыыннаах доҕуһуолунан норуот ырыатынан үөрүүлээхтик саҕалаатылар.

   

Бу кэрэ - бэлиэ кэмҥэ биһиги аҕам саастаахтарбытын «Хатын-Арыы нэһилиэк» МТ баһылыга Ноговицын Иван Дмитриевич, «Түһүлгэ» ветераннар уонна пенсионердар Сэбиэтин председатэля Лебедева Оксана Ивановна истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин ытык-мааны аҕам саастаахтарыгар – «Аҕа саас» үрдүк бэлиэ – Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Ытык Киһитигэр, олохтоох мелодисткаҕа Люция Семеновна Евсеева – Суһумнуураҕа уонна Светлана Семеновна Бетюнскаяҕа, ону сэргэ, Новгородова Розалия Гаврильевнаҕа уонна Елисеев Дмитрий Михайловичка Хатыҥ-Арыы нэһилиэк Баһылыгын Махтал суруктара үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна

.      

И.Е. Винокуров аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэл 70-с сыллардааҕы фотостендэ, коллекционер Петрова Людмила Васильевна «Оҕо саас уонна спорт сылыгар» анаммыт коллекциятын туруорда.

«Фантазия» бүлүүдэ, «Лучший образ» ретро-мода конкурстара ыытылыннылар.

Араас көрдөөх оонньуулар, ырыа-тойук, үҥкүү-битии оройуттан тутулунна.

      

Категория: новости | Просмотров: 142 | Добавил: ariansar | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
Категории раздела
новости [17]
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Октябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 68
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Друзья сайта

Copyright MyCorp © 2025
Сайт создан в системе uCoz