17:36 Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр Олоҥхо Декадатын арыйыы үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна. | |
Олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр.
Олоҥхо норуот тылынан айымньытын быһыытынан аан дойдуга аатырда, ЮНЕСКО 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр быһаарыытынан киһи-аймах духуобунай культуратын федеврын быһыытынан ааттаммыта. Бу биһиги устар ууну сомоҕолуур уран тыллаахтарбыт, кырыымпалыы кылыгырас кылыһахтаахтарбыт, сүргэни көтөҕөр, санааны күүрдэр, сүрэҕи долгутар улуу олоҥхоһуттарбыт талба талааннарын, өркөн өйдөрүн, айар дьоҕурдарын чаҕылхай туоһута буолар.
«Чороон» НАК иһинэн үлэлиир «Дорҕоон» тыыннаах доҕуһуол уонна «Дуораан» фольклорнай бөлөх Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин үөрэх тэрилтэлэригэр Олоҥхо декадатын үөрүүлээх аһыллыытын тэрийдилэр. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатыгар, «Хатыҥчаана», «Сандаара» оҕону сайыннарар кииннэргэ тыыннаах доҕуһуолунан - кылыһах кырыымпанан, дьүрүскэн хомус алыптаах матыыбынан олоҥхо дьүһүйүүтүн, норуот ырыаларын оҕолор сэргээн-сэҥээрэн иһиттилэр, оһуокайы оройутта туттулар. | |
|
Всего комментариев: 0 | |