11:33 Хомус күнэ | |
Хомус уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Бартыһаан нэһилиэгин «Хомус» НАДь иһинэн үлэлиир «Дьүрүл» народнай ансаамбыл кыттыылаахтара - СӨ “Культуратын үтүөлээх үлэһитэ”, ССРС “Культуратын туйгуна”, Норуот ырыаһыта, импровизатор хомусчут, алгысчыт, олоҥхоһут Нам улууһун, Таастаах, Бартыһаан нэһилиэктэрин “Ытык киһитэ” Дмитрий Иванович Кривошапкин аатын үйэтитэр улуустааҕы «Туой ыллаа хомуһум» үрүҥ көмүс символы көрсүү тэрээһинэ «Чороон» НАК дьоллоох түһүлгэтигэр Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин дьонугар, кэнчээри ыччаттарыгар анаан сэтинньи 26 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна. Бу күн нэһилиэкпит тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, оскуола оҕолоро бука бары сахалыы таҥнан, дьүрүскэн хомус кылыгырас тыаһынан доҕуһуоллатан «Дьүрүл» н/а кытта тэҥҥэ күргүөмүнэн Д.И. Кривошапкин «Туой ыллаа хомуһум» ырыатыгар хомустаатылар. Нэһилиэкпит Баһылыга «Дьүрүл» н/а салайааччытыгар Колесов В.В. Эҕэрдэ сурук туттарда уонна Хатыҥ-Арыы историятын кэпсиир кинигэбитин бэлэх уунна. Тэрээһин кыттааччылара, көрөөччүлэр олус астынан, дуоһуйан, кэлбит ыалдьыттарбытыгар махтаннылар.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |