Воскресенье, 09.02.2025, 05:13
Приветствую Вас Гость | RSS
МБУ Центр народного творчества "Чороон"

18:21
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыайыы Знамята» эстафетата

  

Сахабыт сирин норуоттарын сомоҕолуурга, төрүттэрбит хорсун санааларын, геройдуу быһыыларын өйдүү-саныы сылдьарбытыгар, түмсүүлээх буоларбытыгар, дойдубут көҥүлүн иһин охсуспут дьоммут сырдык ааттарын үйэтитиигэ туһуламмыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыайыы Знамята» эстафета олунньу 6 күнүгэр Хатын-Арыы нэһилиэгэр кэллэ.

Кыайыы Знамятын «Нам улууһа» МТ Баһылыгын солбуйааччыта Егор Андреевич Протопопов “Хатыҥ-Арыы нэһилиэк” МТ Баһылыгар Иван Дмитриевич Ноговицыҥҥа туттарда. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ Улуу Кыайыы бэлиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүлэр.

  

И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын “Ча5ылыс” литературнай бөлөҕө “Мин саллаат сиэнэбин, онон киэҥ туттабын” диэн композицияларын аахтылар.

Түмүккэ саала иһэ барыта сүһүөхтэригэр туран биир дойдулаахпыт, поэт Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан хоһоонугар, Андрей Костин матыыбыгар «Хайыһар» ырыаны толорбуттара олус долгутуулаах буолла.

 

 

Просмотров: 64 | Добавил: ariansar | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
Категории раздела
новости [17]
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Февраль 2025  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
2425262728
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 68
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Друзья сайта

Copyright MyCorp © 2025
Сайт создан в системе uCoz