18:01 Дьыл кэмнэрин бэлэхтэрэ | |
Олунньу 7 күнүгэр «Чороон» НАК остуоруйатыгар олоҕуран «Дьыл кэмнэрин бэлэхтэрэ» диэн «Айар аартык» театральнай студия оҕолоро театрализованнай көстүү көрдөрдүлэр. Уопсайа 24 оҕо кыттыыны ылла. Сүрүн Күөрэгэй оруолун толордо Ангелина Максимова, автор – Олеся Сивцева, ийэ уонна аҕа оруолун толордулар Айгылаана Афанасьева уонна Мирослав Максимов, Чоҕур Хара абааһы уола – Антон Макаров, Кэскил – Егор Евсеев. Дьыл кэмнэрэ: Күһүн – Сайнаара Сивцева, Кыһын – Лейла Алексеева, Саас – Ильяна Егорова, Сайын – Элина Эверстова. Дьүөгэ кыргыттара: Влада Парникова, Амелия Данилова, Злата Изюмская, Намина Стрекаловская, Инесса Корякина, Уйгулаана Маркова, Тускулаана Матвеева, Амелия Иванова-Макарова. Абааһылар: Толя Сивцев, Наина Слепцова, Дархан Находкин, Динара Кривошапкина, Эрхан Гаврильев, Дайаана Новгородова. Испиктээкил устата тыыннаах дорҕоонунан инструмеҥҥа доҕуһуоллаатылар: Петр Машников, Валентина Сивцева, Степан Суздалов, Гаврил Макаров. Туруорааччы режиссер «Айар аартык» театральнай студия салайааччыта Стрекаловская Г.М.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |