Среда, 02.07.2025, 07:59
Приветствую Вас Гость | RSS
МБУ Центр народного творчества "Чороон"

15:25
Олоҥхо ыһыаҕын ытык бэлиэтэ

Нам улууһугар Өрөспүүбүлэкэтээҕи 13 Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, ыһыах Ытык бэлиэтин кулун тутар 13 күнүгэр Фрунзе нэһилиэгэ тутан, эстафета саҕаламмыта. Муус устар 22 күнүгэр Ытык бэлиэни Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр туттара кэллэ " Хамаҕатта нэһилиэгэ " М/Т Баһылыга Максимов И.Н, Культура үлэһиттэрэ уонна ветераннар. Ытык бэлиэтин аҕалбыт ыалдьыттары сахалыы сиэринэн кыынньар кымыһынан, амтаннаах алаадьынан айах туттардылар. Үөрүүлээх түһүлгэ төрүттэммитинэн, эҕэрдэ тыл этэн, Ытык Бэлиэни туттарда " Хамаҕатта нэһилиэгэ " М/Т баһылыга Иван Николаевич Максимов , " Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ" М/Т баһылыгар Ноговицын Иван Дмитриевичка. Бу Ытык Бэлиэ Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр 7 күн устата нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр күндү ыалдьыт буолуо. Олоҥхо ыһыаҕын көрсө араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Просмотров: 615 | Добавил: ariansar | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
Категории раздела
новости [21]
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Апрель 2019  »
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 68
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Друзья сайта

Copyright MyCorp © 2025
Сайт создан в системе uCoz