Нам улууһугар Өрөспүүбүлэкэтээҕи 13 Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, ыһыах Ытык бэлиэтин кулун тутар 13 күнүгэр Фрунзе нэһилиэгэ тутан, эстафета саҕаламмыта. Муус устар 22 күнүгэр Ытык бэлиэни Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр туттара кэллэ " Хамаҕатта нэһилиэгэ " М/Т Баһылыга Максимов И.Н, Культура үлэһиттэрэ уонна ветераннар. Ытык бэлиэтин аҕалбыт ыалдьыттары сахалыы сиэринэн кыынньар кымыһынан, амтаннаах алаадьынан айах туттардылар. Үөрүүлээх түһүлгэ төрүттэммитинэн, эҕэрдэ тыл этэн, Ытык Бэлиэни туттарда " Хамаҕатта нэһилиэгэ " М/Т баһылыга Иван Николаевич Максимов , " Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ" М/Т баһылыгар Ноговицын Иван Дмитриевичка. Бу Ытык Бэлиэ Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр 7 күн устата нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр күндү ыалдьыт буолуо. Олоҥхо ыһыаҕын көрсө араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
...
Читать дальше »
Просмотров: 636 |
Добавил: ariansar |
Дата: 26.04.2019
|
|
Муус устар 19 күнүгэр Иван Дмитриевич Ноговицын " Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ" м/т Баһылыгын дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Үрдүк дуоһунаска үктэнэр үөрүүлээх тэрээһинигэр, умнуллубат төрүт үгэһинэн, алгыс сиэрин туомун ылынна. Дуоһунаһыгар киирэр Баһылыкка - Иван Дмитриевичка, Хатыҥ Арыы нэһилиэк дьаралыга ойуулаах үрүҥ көмүс - " Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Баһылыга " диэн Ытык Бэлиэни кэрэтик, өр сылларга нэһилиэкпитигэр Аҕа Баһылыгынан эҥкилэ суох бэриниилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээн салайан кэлбит " Нам улууһа" М/Т Баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов. Норуот итэҕэлин ылбыт " Хатыҥ Арыы нэһилиэк " муниципальнай тэриллии Баһылыга Иван Дмитриевич Ноговицын - Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нам улууһун дьаһалларыгар " Хатыҥ Арыы нэһилиэк " муниципальнай тэриллии Устаабыгар олоҕуран, бар дьонугар андаҕар тылларын анаата. Үөрүүлээх тэрээһиннэр кыт
...
Читать дальше »
Просмотров: 456 |
Добавил: ariansar |
Дата: 26.04.2019
|
|
|