Воскресенье, 19.05.2024, 11:17
Приветствую Вас Гость | RSS
МБУ Центр народного творчества "Чороон"

12:14
БИЛЛИИЛЭЭХ САМОДЕЯТЕЛЬНАЙ КОМПОЗИТОР З.П. ВИНОКУРОВ ТӨРӨӨБҮТЭ 100 СЫЛЫГАР АННАЛЛААХ ТЭРЭЭҺИН

Бүгүн, кулун тутар 18 күнүгэр, Захар Винокуров 100 сааһыгар аналлаах кини олорон ааспыт олоҕун, кини айан хаалларбыт ырыаларын кэпсэтиһэр, ыллыыр-туойар кэрэ күн буолан ааста.
Тэрээһин Хатыҥ – Арыы нэһилиэгин «Чороон» норуот айымньытын дьиэтигэр буолла.
Захар Порфирьевич Саха сирин, Эҥсиэли хочотун налыы Нам сирин туойбут, хоһуйбут айылҕаттан айдарыылаах талааннаах, музыка айааччылартан биирдэстэрэ буолар. Тэрээһиҥҥэ кини айбыт музыкаларыгар, киһини долгутар сахалыы ырыаларын толордулар, оҕолор кини ырыаларын матыыбыгар үҥкүүлээн тэйдилэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар, эҕэрдэ, ахтыы тыллары эттилэр, оҥордулар Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, улуус баһылыгын солбуйааччы Петр Абрамов, "Хатыҥ-Арыы” нэһилиэгэ МТ баһылыга Иван Ноговицын, Намнааҕы музыкальнай оскуола маҥнайгы директора, ССРС культуратын туйгуна, Нам оройуонун бочуоттаах гражданина, самодеятельнай композитор Иван Бубякин, СР Национальнай библиотекатын библиографа Тамара Николаева, В.А. Босиков аатынан үрдүкү музыка оскуолаттан Анастасия Федорова, З. П. Винокуров бииргэ төрөөбүт балта Мария Решетникова, сиэнэ Майя Источкина, аймахтара, чугас дьоно, З.П. Винокуров аатынан оҕо искусствотын оскуолатын директора Алексей Афанасьев уо.д.а.

          

Просмотров: 132 | Добавил: ariansar | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
avatar
Категории раздела
новости [6]
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Март 2022  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 68
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Друзья сайта

Copyright MyCorp © 2024
Сайт создан в системе uCoz