Бүгүн, кулун тутар 18 күнүгэр, Захар Винокуров 100 сааһыгар аналлаах кини олорон ааспыт олоҕун, кини айан хаалларбыт ырыаларын кэпсэтиһэр, ыллыыр-туойар кэрэ күн буолан ааста.
Тэрээһин Хатыҥ – Арыы нэһилиэгин «Чороон» норуот айымньытын дьиэтигэр буолла.
Захар Порфирьевич Саха сирин, Эҥсиэли хочотун налыы Нам сирин туойбут, хоһуйбут айылҕаттан айдарыылаах талааннаах, музыка айааччылартан биирдэстэрэ буолар. Тэрээһиҥҥэ кини айбыт музыкаларыгар, киһини долгутар сахалыы ырыаларын толордулар, оҕолор кини ырыаларын матыыбыгар үҥкүүлээн тэйдилэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар, эҕэрдэ, ахтыы тыллары эттилэр, оҥордулар Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, улуус баһылыгын солбуйааччы Петр Абрамов, "Хатыҥ-Арыы” нэһилиэгэ МТ баһылыга Иван Ноговицын, Намнааҕы музыкальнай оскуола маҥнайгы директора, ССРС культуратын туйгуна, Нам оройуонун бочуоттаах гражданина, самодеятельнай композитор Иван Бубякин, СР Национальна
...
Читать дальше »