Балаҕан ыйын 3 күнэ - биһиги дойдубут историятыгар улахан суолталаах. Бу күн Аҕа дойду улуу уонна Япония сэриилэрэ кыайыынан түмүктэммит бэлиэ күнэ. Биһиги эһэлэрбит, хос эһэлэрбит бары бииргэ түмсэн Ийэ дойдуларын босхолообуттара, Европаҕа саба түспүт фашистары киэр кыйдаабыттара, Азия норуоттарын Япония сэрииһиттэриттэн быыһаабыттара.
Бу күнү көрсө Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппаанытыгар сэрии, үлэ ветерана, Нам улууһун уонна Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Ытык киһитэ, «Үлэ Кыһыл Знамята» орден кавалера, «Гражданскай килбиэн», «Ытык аҕа» бэлиэлэр хаһаайына, кыраайы үөрэтээччи, хас да кинигэ ааптара, общественнай корреспондент Николай Семенович Гаврильев төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан олорбут дьиэтигэр, кини аатын үйэтитэр мемориальнай дуосканы аһыы буолла.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ» МТ баһылыга Иван Ноговицын, дьаһалта специалистара, И.Е.
...
Читать дальше »